Сейчас ваша корзина пуста!

Үлэ, Эйэ, Сомоҕолоһуу күнүнэн Харбалаах үрдүнэн ыраастаныыга субуотунньук биллэриллэн, үгүс киһи тоҕуоруһа муһунна. Ыам ыйын бастакы күнэ буолан транспораннар, эҥин-эгэлгэ дьүһүннээх шардар бар дьон түмсүүтүн киэргэттэ. Субуотунньук кэмигэр олохтоох дьаһалта сылаас миин,чэй буһаран, бары түмсэн олорон аһыахтаахтара.
Бу үлэ бырааһынньыгын олохтоох администрация
(А.И.Кулачиков,
А.И.Васильева), сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ бииргэ түмсэн тэрийдилэр.
Бүгүн аан дойду үлэлээн иитиллээччилэрэ бырааптарын көмүскүүргэ сомоҕолоһоллорун көрдөрөр ( демонстрациялыыр) күннэрэ этэ.Кэнники
Үлэ, Эйэ, Сомоҕолоһуу күнэ диэн ааттанар, дьон биир санааҕа сомоҕолоһон, субуотунньуктарга тахсаллар.
Бүгүҥҥү күн Харбалаахха сомоҕолоһууну туругурдан, бөһүөлэк чэбдигириэ, сэргэхсийиэ!










